Олунньу 11 күнүгэр 2017 сыл. Хамаҕатта нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыгар эдэр ыччат фестивальнай к
- Darth Weider
- 8 февр. 2017 г.
- 1 мин. чтения

Биллиилээх бөдөҥ политическай, государственнай деятель, төлөннөөх революционер, интернационалист, уос номоҕор сылдьар саха норуотун чулуу уола М.К. Аммосов төрөөбүтэ 120 сылын көрсө, республикабытыгар «Ыччат сыла» биллэриллибитинэн
Хамаҕатта нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллар фестиваль
БАЛАҺЫАННЬАТА.
Тэрийэр бөлөх: «Хамаҕатта нэһилиэгэ» МТ, "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинэ.
Буолар сирэ: "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинэ.
Буолар кунэ, чааһа: Олунньу 11 күнүгэр, 17 чаастан.
Фестиваль сыала:
[if !supportLists]- [endif] М.К.Аммосов дириҥ ис хоһоонноох олоҕун, үлэтин сырдатыы, үйэтитии;
[if !supportLists]- [endif] Нэһилиэк түөлбэлэрин кытта ситимнээхтик үлэлээһин;
[if !supportLists]- [endif] Саҥа талааннаах ыччаты бэлиэтээн таһаарыы, сайыннарыы;
Кыттыыны ылаллар: 14 - 35 саастаах түөлбэ ыччаттара.
Сыаналанар: сценическай культура, толоруу маастарыстыбата, маассабас, бэлэмнээх, түмсүүлээх буолуу.
Ирдэнэр нуомэрдэр:
[if !supportLists]1. [endif]Литературнай монтаж (М.К.Аммосов олоҕун, улэтин сырдатыы)
[if !supportLists]2. [endif]Ыччат ансаамбыла (темата көҥүл, уолаттар, кыргыттар уонна холбоһук буолуон сөп)
[if !supportLists]3. [endif] Хоһоон (патриотическай темаҕа)
[if !supportLists]4. [endif] Фольклорнай жанр (тойук, норуот ырыата, чабырҕах, олоҥхо уо.д.а).
[if !supportLists]5. [endif]Соло (гитара доҕуһуоллаах)
[if !supportLists]6. [endif]М.К. Аммосов олоҕун үлэтин туһунан кэпсиир выставка.
Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар үлэлиэхтэрэ:
[if !supportLists]1. [endif]Олесов К.А. – дьүллүүр сүбэ председателэ.
[if !supportLists]2. [endif]Емельянова О.П. – «Күбэй» түмсүү салайааччыта.
[if !supportLists]3. [endif]Заровняева А.З. – «Барахсаана» түмсүү салайааччыта.
[if !supportLists]4. [endif]Захаров Р.А. – «Эркин» эр дьон түмсүүтүн салайааччыта.
[if !supportLists]5. [endif]Семенова К.Е.- нэһилиэк депутата, өр сылларга түөлбэ салайааччыта.
[if !supportLists]6. [endif]Аммосова Г.А.- «Тупсууна» нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин председателэ.
7. Местникова Н.К. - ХСФЛ библиотекатын сэбиэдиссэйэ.
"Түһүлгэ" с.к. специалистара түөлбэлэргэ үлэлэһэллэр:
«Сайдам»- Гаврильева Т.М. (8924-860-49-39)
«Арыы-Тиит»-Гаврильева Т.М. (8924-860-49-39)
«Хардыы» - Кудрина О М. (8924-360-40-79)
«Кытыл»- Макарова Н.Г. (8924-598-49-84)
«Урдэл»- Уодай Т.Р. (8924-363-30-89)
Comments