top of page
Муниципальное бюджетное учреждение
"Центр народного творчества "Тусулгэ"
с. Крест-Кытыл муниципального образования
"Хамагаттинский наслег" Намского улуса 
Республики Саха (Якутия)
20220208_130403 (2).jpg
Эмблема ЦНТ Тусулгэ ПНГ.png

Сайылык ыһыаҕа


Самаан сайын кэлбитинэн Хамаҕатта нэһилиэгин олохтоохторо сайылыкка көһөн тахсан саҕалаан эрэллэр. Ол курдук от ыйын 12 күнүгэр Убаһа Муммут алааска “Сайылык күнэ” ыһыах буолан ааста. Сылын аайы ыытыллар быйылгы “Сайылык күнэ” тэрээһин Хамаҕатта олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, герой ийэ Елизавета Степановна Аргунова 80 сааһын кытта ситимнэннэ. Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин, төрүт үгэстэри сайыннарар, дьону көҕүлүүр сыаллаах «Сайылык күнэ» бэлиэтиир уурааҕа сэтинньи 6 күнүгэр 2018 сыллаахха тахсыбыта.

“Сайылык ыһыаҕа” күн урукку сылларга тигинэччи үлэлээбит Хамаҕатта нэһилиэгин үгүс сайылыктарыгар үрүҥ илгэни үрүлүппүт, эмис эти дэлэппит ыанньыксыттар, үлэһиттэр, оҕолор муһуннулар.

Бэлиэ күҥҥэ мустубут дьону-сэргэни, колхозка, совхозка үлэлээбит кэмнэригэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сыралаах кылааттарын киллэрсибит, үөрэтээччи быһыытынан бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыт дьоһун үлэһиттэри Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга Иван Максимов, Нам улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салайааччыта Владимир Макаров эҕэрдэ тыллары эттилэр. Үөрүүлээх ыһыаҕы “Түһүлгэ” норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ эҕэрдэ кэнсиэринэн киэргэттилэр.

Быйылгы сыл Саха сирин үрдүнэн Сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибитинэн, кэлбит дьон хамаанда тэринэн сэргэх оонньууларга («Мас эрбээһинэ», «Сайылык кыргыттара», «Сайылык уолаттара» көрдөөх стартар, «Самовар өрүүтэ», «Саламааты буһарыы», мэһэйдэри туорааһын) көхтөөхтүк кытынна.


Сайылык — сахалар сайыҥҥы дьиэлэрэ. Сайылыктарга дьон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар. Холобура, оҕуруот аһын олордоллор, ынах-сүөһүнү туталлар.


 
 
 

Commenti


Юридический адрес: индекс 678383, Республика Саха (Якутия), Намский улус (район), село Крест-Кытыл, ул. Охлопкова -Соттоя, д. 9
Директор: Харитонова Антонина Алексеевна, телефон 89245686602
e-mail: hamtusulge@mail.ru

Узор.png
Узор.png
Узор.png
8a51887652eaa7e991e9f0b6896adc00.jpeg
IMG-20220208-WA0002.jpg
WhatsApp_Image_2022-02-07_at_12.22.24.jpeg
  • Instagram
  • Facebook
  • Twitter
  • LinkedIn
  • YouTube
  • TikTok
  • YouTube Social  Icon
  • Instagram Social Icon

© 2017 «МБУ ЦД "Туhулгэ"». Сайт создан на Wix.com

bottom of page
http://finevision.ru/?hostname=tyhylge.wixsite.com&path=/tyhylge&template=wix