top of page
Муниципальное бюджетное учреждение
"Центр народного творчества "Тусулгэ"
с. Крест-Кытыл муниципального образования
"Хамагаттинский наслег" Намского улуса 
Республики Саха (Якутия)
20220208_130403 (2).jpg
Эмблема ЦНТ Тусулгэ ПНГ.png

«Оҕо махтала, таптала – күн көмүс Ийэҕэ»


Алтынньы 23 күнүгэр, Саха сиригэр Ийэ күнэ чэрчитинэн, Нам улууһун дьиэ кэргэттэригэр «Сибээскэ-биһиги дьиэ кэргэн!» "ViCall-GAME" («Игра-видеозвонок») оонньуу ыытылынна. Сэргэх оонньууну, Хамаҕатта нэһилиэгин "Түһүлгэ" норуот айымньытын киинин уонна олохтоох библиотекатын үлэһиттэрэ улуус таһымыгар III төгүлүн оонньотоллор.

Бу күн, кыттыыны ылбыт биэс ыал "Великие любовные истории"; "Знаменитые женщины мира"; "Мамы в сказках"; "Комплимент маме"; "Логотипы известных брендов"; "Женщина - саха" диэн түһүмэхтэргэ сэргэх оонньууну көрдөрдүлэр.

Оонньуу түмүгүнэн, бары түһүмэххэ сөптөөх хоруйдары биэрбит ДОРОФЕЕВТАР (уоллара Богдан, Сахая, Арсен) дьиэ кэргэн, "Тик-так" хамаанда кыайыылааҕынан ааттанна. Салҕыы, Назаровтар ("Победа"), Зоировтар ("Zara"), Салбаҥ нэһилиэгиттэн Петровтар ("Ньургуһуннар"), Түбэттэн Ивановтар ("Космонавты") дьиэ кэргэттэрэ оонньууну сытыырхатан, көхтөөх кыттыыларын иһин туоһу суруктары туттулар. "Биһигинниин бииргэ буолбут, Наммыт улууһун түмсүүлээх уонна иллээх ыалларыгар махталбытын тиэрдэбит. Бэлиэтээн эттэххэ, улууспут уһук сытар нэһилиэктэриттэн санааларын ууран кытталлара хайҕабыллаах. Инникитин да, улууспут дьонун-сэргэтин санаатын өрө көтөҕөргө кыһаллыахпыт, үлэлиэхпит", - диэн тэрийээччилэр махталларын биллэрэллэр.


 
 
 

Comments


Юридический адрес: индекс 678383, Республика Саха (Якутия), Намский улус (район), село Крест-Кытыл, ул. Охлопкова -Соттоя, д. 9
Директор: Харитонова Антонина Алексеевна, телефон 89245686602
e-mail: hamtusulge@mail.ru

Узор.png
Узор.png
Узор.png
8a51887652eaa7e991e9f0b6896adc00.jpeg
IMG-20220208-WA0002.jpg
WhatsApp_Image_2022-02-07_at_12.22.24.jpeg
  • Instagram
  • Facebook
  • Twitter
  • LinkedIn
  • YouTube
  • TikTok
  • YouTube Social  Icon
  • Instagram Social Icon

© 2017 «МБУ ЦД "Туhулгэ"». Сайт создан на Wix.com

bottom of page
http://finevision.ru/?hostname=tyhylge.wixsite.com&path=/tyhylge&template=wix