top of page
Муниципальное бюджетное учреждение
"Центр народного творчества "Тусулгэ"
с. Крест-Кытыл муниципального образования
"Хамагаттинский наслег" Намского улуса 
Республики Саха (Якутия)
20220208_130403 (2).jpg
Эмблема ЦНТ Тусулгэ ПНГ.png

“Түһүлгэ” норуот айымньытын киинигэр "Умсулҕан" быыстапка аһыллыыта


Кулун тутар 26 күнүгэр, 14 чаастан "Умсулҕан" быыстапка үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Бу күн быыстапканы "Түһүлгэ" норуот айымньытын киинин иһинэн үлэлиир "Кытыл уустара" түмсүү дьиэ кэргэттэрин, биирдиилээн иистэнньэҥнэрин уонна уустарын үлэлэрэ киэргэттилэр.

Үөрүүлээх быыстапка аһыллыытын, тэрээһинин эдьиийдии бырааттыы Петр Макаров уонна Ксения Верминская ыыттылар. Бэлиэтээн эттэххэ, Петр Макаров Государственнай Арктическай институт «Музееведения» салаатын II куурсун устудьуона. Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга Иван Максимов айар-тутар дьоҕурдаах дьиэ кэргэттэр баар буоланнар нэһилиэк олоҕо сырдык өттүгэр үүнэрин-сайдарын, тупсарын өрө көтөҕүллэн эттэ уонна тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ Махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата.

Үөрүүлээх күҥҥэ ырыанан ыпсаран, ыллыыр талааннаах олохтоох ыалларбыт Людмила, Степан Ивановтар, Надежда уолунаан Петр Макаровтыын уонна улууспут биир тарбахха баттанар айымньылаах ыалларыттан биирдэстэрэ Евдокия, Анатолий Гаврильевтар дьиэ кэргэн киэргэттилэр. Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытын кэнниттэн, оҥоһуктары көрөөччү дьоҥҥо анаан аныгылыы хабааннаах аудио-гид иһитиннэрии, билиһиннэрии кэпсээтэ. Саҥа сүүрээн уус-уран салайааччы Татьяна Гаврильева көҕүлээһининэн киллэрилиннэ.

Быыстапкаҕа кытыннылар:

Александр, Розалия Касьяновтар, Александ Дунаев сиэнинээн Күннэйдиин, Руслан, Анна Захаровтар, Семенов Валерий, Борисова Вера дьиэ кэргэттэр. Биирдиилээн дьон: Бурнашева Варвара Ивановна, Аманатова Мария Николаевна, Ядреева Светлана Владимировна, Москвитина Татьяна Никифоровна, Мухина Маргарита Анатольевна, Колмогорова Апреля Ивановна

Быыстапканы көрүү кулун тутар 26 күнүттэн 29 күнүгэр диэри ыытылынна.

 
 
 

Comentários


Юридический адрес: индекс 678383, Республика Саха (Якутия), Намский улус (район), село Крест-Кытыл, ул. Охлопкова -Соттоя, д. 9
Директор: Харитонова Антонина Алексеевна, телефон 89245686602
e-mail: hamtusulge@mail.ru

Узор.png
Узор.png
Узор.png
8a51887652eaa7e991e9f0b6896adc00.jpeg
IMG-20220208-WA0002.jpg
WhatsApp_Image_2022-02-07_at_12.22.24.jpeg
  • Instagram
  • Facebook
  • Twitter
  • LinkedIn
  • YouTube
  • TikTok
  • YouTube Social  Icon
  • Instagram Social Icon

© 2017 «МБУ ЦД "Туhулгэ"». Сайт создан на Wix.com

bottom of page
http://finevision.ru/?hostname=tyhylge.wixsite.com&path=/tyhylge&template=wix