top of page
Муниципальное бюджетное учреждение
"Центр народного творчества "Тусулгэ"
с. Крест-Кытыл муниципального образования
"Хамагаттинский наслег" Намского улуса 
Республики Саха (Якутия)
20220208_130403 (2).jpg
Эмблема ЦНТ Тусулгэ ПНГ.png

Хамаҕатталар үбүлүөйдээх сыл үйэтитиллэр Оһуохайыгар орто дойду оһуордаах олоҕун уруйдаатылар



Ыһыах күн биир ураты тэрээһининэн М.К.Аммосов төрөөбүтэ 125, Саха Автономията төрүттэммитэ 100,Улуу Кыайыы 77 сылларынан үс иилээх түөлбэ түһүлгэтэ төрүттэнэр төлкөлөөх оһуохай ыытыллыыта буолла.

Орто дойдубут оһуор ойуунан оонньуур кэмигэр дьол, олох салҕанар уйгулаах түһүлгэни төрүттүүр ОҺУОХАЙГА Хамаҕаттабыт нэһилиэгин олохтоохторо, ытык ыһыахпыт маанылаах ыалдьыттара эдэрдиин-эмэнниин күнү батыһа хаама оһуохайы оройуттан туттулар, эһиэкэйи эҥээриттэн ыллылар.

Оһуохайы таһаардылар Хамаҕатта нэһилиэгин уус - уран самодеятельноһын актыбыыстара. Ол курдук, өбүгэлэрбититтэн кэлбит дьоҕуру кэнчээри ыччакка утумнаан үөрэтэр, СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара, мас ууһа, туой оҥоһуктары үйэтитээччи- күөсчүт Руслан Захаров чуһуурба айаатынан ыһыах дьонун оһуохай түһүлгэтигэр ыҥырда. “Дорҕоон тойуга» тойуксуттар, «Ситим» олоҥхоһуттар, “Күбэй» эбээлэлэр түмсүүлэрин актыыбынай кыттыылааҕа, саха тылынан уус-уран культуратын тарҕатааччы Людмила Петрова намныы оһуохайынан саҕалаата, кини кэнниттэн оҕо-аймаҕы төрөөбүт төрүт тылга үөрэтэр саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, уол оҕо хоһоон хомоҕой тылынан саҥара-иҥэрэ үөрэнэригэр сүҥкэн үлэни ыытар, аҕа уталыйбат оруолун чиэстээхтик толорор Василий Сивцев бүлүүлүү этэн тэтими эбэн көтүүтүн көҕүлээтэ, үс иилээх оһуохайы Руслан Захаров нааллаан бытаардан түмүктээтэ.

Уодай Т.Р.


 
 
 

Comments


Юридический адрес: индекс 678383, Республика Саха (Якутия), Намский улус (район), село Крест-Кытыл, ул. Охлопкова -Соттоя, д. 9
Директор: Харитонова Антонина Алексеевна, телефон 89245686602
e-mail: hamtusulge@mail.ru

Узор.png
Узор.png
Узор.png
8a51887652eaa7e991e9f0b6896adc00.jpeg
IMG-20220208-WA0002.jpg
WhatsApp_Image_2022-02-07_at_12.22.24.jpeg
  • Instagram
  • Facebook
  • Twitter
  • LinkedIn
  • YouTube
  • TikTok
  • YouTube Social  Icon
  • Instagram Social Icon

© 2017 «МБУ ЦД "Туhулгэ"». Сайт создан на Wix.com

bottom of page
http://finevision.ru/?hostname=tyhylge.wixsite.com&path=/tyhylge&template=wix